Сэтинньи 22 күнүгэр үөрэҕириини сайыннарыы сүрүн хайысхалара диэн Ил Дархан ыйааҕа ылыллыбыта. Сарсын ахсынньы 4 күнүгэр киэһээ 19 чаас 45 мүнүүтэттэн Саха көрдөрөр- иһиттиннэрэр ханаалыгар Туһаан биэриигэ бу ыйаах тыын боппуруостарын тула кэпсэтии барыаҕа. Быһа эфииргэ кыттыыны ылыахтара СӨ үөрэх уонна билим миниистирин бастакы солбуйааччыта Ирина Павловна Любимова уонна Общественнэй палата чилиэнэ Петр Николаевич Николаев. Оҕо ханна олороруттан тутулуга суох сайдар, үөрэнэр, иитиллэр усулуобуйатын хайдах тэрийиэххэ сөбүй диэн боппуруоска сүрүннээн ырытыы барыаҕа. Ахсынньы 4 күнүгэр киэһээ 19.45 чаастан көрүҥ, сэргээн Туһаан биэриини.
Источник: Министерство образования РС(Я)
03.12.2018 16:14