Психологтар пуорумнарыгар байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар көмө туһунан кэпсэттилэр

Психологтар пуорумнарыгар байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар көмө туһунан кэпсэттилэр
Фото: prav.sakha.gov.ru
Психолог идэтэ билиҥҥи уустук кэмҥэ биир саамай наадалаах идэнэн буолан турар. Ол курдук байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарга, кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэригэр биир бастакынан психологтар көмөҕө кэлэллэр.

Бүгүн Дьокуускайга «Арассыыйа – мин устуоруйам» историческай түмэлгэ Саха сирин психологтарын VII пуорумнара аһылынна. Пуорум социальнай-психологическай өйөбүл кэлим дьаһалларыгар уонна үлэ араас көрүҥнэригэр, ону тэҥэ муниципальнай тэриллиилэргэ психологическай өйөбүл бөлөхтөрүн тэрийиигэ туһуланна.

«Хас биирдии пуорум тус-туспа практическай сыаллаах ыытыллар. Быйылгы пуорумҥа кыттарга психологтары, былаас уорганнарын уонна олохтоох салайыныы бэрэстэбиитэллэрин ыҥырдыбыт. Бу, бастатан туран, байыаннай дьайыы усулуобуйатыгар психологическай адаптация уратыларын кытта сибээстээх. Олохтоох бэйэни салайыныы уорганнара байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрин уонна дьону-сэргэни кытта алтыһан үлэлииллэригэр көмөлөөх буоллун диэн методическай рекомендациялары оҥоруохтаахпыт», — диэтэ СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Ольга Балабкина.

Пуорумҥа улуустар, нэһилиэктэр дьаһалталарын үлэһиттэрэ, психологическай киин исписэлиистэрэ АБДь кыттыылаахтарын, кинилэр дьиэ кэргэттэрин кытта үлэни хайдах ыыталларын, эйэлээх олоххо төнүннэриигэ туох ньымалары туһаналларын кэпсэттилэр.


Саргын Скрябин хаартыската, СИА


 
По теме
Сегодня, 27 ноября 2026 года,  в четвертом судебном составе состоялось учебное занятие, направленное на углубление понимания актуальных правовых позиций при рассмотрении дел о несостоятельности (банкротстве).
Ленским управлением Федеральной службы по экологическому, технологическому и атомному надзору в ходе проведения пяти плановых выездных проверок трёх карьеров и двух складов аварийно химически опасных веществ,