Фото: prav.sakha.gov.ru
«Бэйэлэрин билиһиннэриилэригэр бойобуой дьайыылар бэтэрээннэрэ олохторун уонна байыаннай уопуттарын туһунан кэпсээтилэр. Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр маннык патриоттар баалларыттан киэн туттабыт. Бырагыраама кыттааччылара эппиэтинэстээх салайар дуоһунастарга бэйэлэрин кыахтарын толору көрдөрүөхтэрэ диэн эрэнэбин», — диэн Владислав Левочкин санаатын үллэһиннэ.
Тыл этиилэр түмүктэммиттэрин уонна эспиэрдэр сыана быспыттарын кэннэ, курсааннарга анаан тематическай хаартыскаҕа түһүү тэрилиннэ. Бырагыраама дьоруойдара номох буолбут «Ньургун Боотур» операттан боотурдар көстүүмнэрин кэттилэр уонна тыйаатыр фойетын киэргэтэр ССРС норуодунай худуоһунньуга Афанасий Осипов биллиилээх монументальнай паннотун фонугар хаартыскаҕа түстүлэр.
Санаттахха, СӨ Ил Дархана Айсен Николаев көҕүлээһининэн олоххо киирэр «Саха сирэ – дьоруойдар сирдэрэ» каадырдары бэлэмниир бырагыраама, РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин саҕалаабыт «Дьоруойдар кэмнэрэ» федеральнай бырайыак чэрчитинэн ыытыллар. Сүрүн сыала — байыаннай дьайыы кыттааччыларыттан уонна бэтэрээннэриттэн эрэгийиэҥҥэ кэскиллээх салайар каадырдары бэлэмнээһин.
Хаартыска: ВШИМ
Источник: Правительство Республики Саха (Якутия)
20.04.2026 14:50
