Булгунньахтаахха кырдьаҕастар кииннэрэ арыллан үлэлиир

Булгунньахтаах олохтооҕо Зоя Ким 11-с сезоҥҥа сынньана киирэ сылдьар. Биир саастыылаахтарын кытта интэриэһин үллэстэ, күннээҕини кэпсэтэртэн ураты, кини манна айар иэйии абылаҥар сылдьар. Нэһилиэк талааннаах дьоно кэлэн, аҕам саастаахтаахтары арааһынай дьарыкка үөрэтэллэр. Кыбытык тигиини, саха сиигин, урут сатаабат эбит буоллахтарына, манна бэйэ бэлэригэр сүбэлэрин бэрсэн, түргэнник үөрэннилэр.

 

Зоя Ким, 1-кы Малдьаҕар нэһилиэгин олохтооҕо: "Олохтоох ба һ ылыкпытыгар А йталина И вановна ҕ а улаханнык махтанабыт. Кини бэйэтэ сүүрэн-көтөн биһиэхэ маннык сынньанар киин арыйбыта наһаа үчүгэй ".

 

Күҥҥэ түөртэ, кыһыҥҥы кэмҥэ саастаах киһиэхэ наадалаах аһы, аһыыллар. Күн аайы дабылыанньаларын, сүрэхтэрин тэбиитин кээмэйдэнэн, хаартачкаларыгар бэлиэтэнэллэр. Саастаах дьон эми-тому иһэригэр куруук көтүтэн кэбиһэр идэлээх, оттон манна сиэстэрэ манабылыгар сылдьан, көтүппэттэр. Манна кэлэр дьон эрдэттэн этиллибит анаалыстарын туттаран кэлэллэр - ол анаалыстар түмүктэрин көрөн, маннааҕы быраас салгыы хайдах быһыылаахтык эмтэниини ааһарын аныыр.

 

Ольга Петрова, 1-кы Малдьаҕар нэһилиэгин фельдшерэ: "Манна сынньана кэлэллэр. Эмтэниини сэргэ, сэрээккэ оҥороллор, ылыыллар, араас дьарыктарга сылдьаллар".

 

Смена аайы Дьокуускай куораттан үрдүкү категориялаах быраастар кэлэн доруобуйаларын туругун көрөн бараллар: невролог, сүрэх бырааһа, узи, терапевт, уйулҕа эмчитэ уонна харах бырааһа. Билигин аҕам саастаах дьон ортотугар эрэ буолбакка, сааһыттан тутулуга суох, тымыр ыарыытынан ыалдьар дьон олус элбээтэ. Инсульт, инфаркт - бу саха сиригэр саамай тарҕаммыт ыарыылар. Ол иһин бу кииҥҥэ сынньана кэлбит дьоҥҥо быраастар доруобуйаны сөпкө харыстаныы туһунан ордук чорботон этэллэр.

 

Марфа Фёдорова, невролог быраас: "Быраас суруйан биэрбитин көтүмэхтик иһэр буолаллар. Холобура, хаан баттааһынын эмин таҕыстаҕына эрэ иһэбит диэн өйдөбүллээхтэр. Дьиҥэ быраас суруйуутун хайаан да тутуһуохтаахтар".

 

Дьиэ-уот көрүүтүттэн, күннээҕи үлэттэн сынньана кэлбит дьоҥҥо 10 күн сүрэх таптаабытынан сынньаныы олус туһалаах. Киэһээҥҥи өттүгэр ырыа-тойук дьүрүлгэнэ бу дьиэҕэ тохтообот. Кимнээх эрэ кистэлэҥ талааннара арыллан, саҥа кынаттатан дьиэлииллэр.

 

Николай Никитин, Уһун үйэлэнии киинин салайааччыта: "Аҕам саастаахтары эмтиирбитин таһынан, хас сарсыарда аайы сэрээккэлиибит, эмтиир физкультура, илии сүһүөхтэрин сайыннарыы, булугас өй күрэхтэрэ, уруһуй, ырыа, иис дьарыктара бааллар".

 

Уһун үйэлэнии киинигэр олох күөстүү оргуйар. Кэрэ айылҕалаах, өрүс үрдүгэр турар, Булгунньахтаах сиригэр салгына кытары эмтииргэ дылы диэн сынньанааччылар бэлиитииллэр.

 
По теме
В Отдел МВД России по Вилюйскому району обратилась местная жительница. Женщина сообщила, что к ней стали поступать звонки с финансовой организации и требовать возврата займов, а между тем, она не обращалась никуда за микрокредитованием.
Отец пострадавшей девочки: Я побывал в аду - ИА SakhaLife.Ru «Я побывал в аду»: Отец пострадавшей девочки выступил на собрании в администрации поселка Чульман За последние два года местные органы самоуправления Нерюнгринского района получили более девяти миллионов рублей из бюд
ИА SakhaLife.Ru
Конкурс «Молодость XXI - Победителям» - ИА SakhaTime Объявлен Всероссийский смотр-конкурс видеороликов среди учащихся образовательных организаций «Молодость XXI - Победителям», посвященный 80-летию Победы в Великой Отечественной войне.
ИА SakhaTime