Өрөспүүбүлүкэҕэ дьаҥ ыарыытын көрдөрүүтэ күннэтэ үрдүү турар

Балаҕан ыйыттан саҕалаан бу сэтинньи ый ортотугар диэри өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тымныйыынан ыалдьыы көрдөрүүтэ үрдүк. Ол курдук бүгүҥҥү күҥҥэ Саха сирин үрдүнэн 7 тыһыынча кэриҥэ киһи ОРВИ, грипп ыарыынан ыалдьар. Бу Кальвица уулуссатыгар баар Дьокуускай медицинскэй киинигэр дьон кэлиитэ көхтөөх. Тумуунан сүрүннээн эдэрдэр, орто саастаахтар ыалдьаллар

Николай Иннокентьев, суһал көмө салаатын сэбиэдиссэйэ: «Биһиэхэ ааспыт нэдиэлэттэн тумуубут элбээтэ. ОРВИ кабинетыгар икки сменанан үлэлиибит. Ортотунан 70-80 киһи кэлэн көрдөрөр».

Исписэлиистэр бэлиэтииллэринэн, ОРВИ, грипп ыарыыттан харыстаныыга саамай көдьүүстээҕинэн быһыы ылыы буолар. Маныаха дьон араас ньыманы  туһанан харыстанар.

Ыарыы эпидборуогу аһарбат эрээри, ааспыт нэдилэни кытта тэҥнээтэххэ 38 быраһыанынан үрдэээбитэ бэлиэтэнэр. Сүрүннээн ОРВИ, грипп ыарыыта элбэх, коронавирус эмиэ биирдиилээн баар.

Валентина Григорьева, СӨ Роспотребнадзор салаатын эпидемиологическай кэтээн көрүүгэ салаатын салайааччытын солбуйааччы: «Лабараторнай мониторинг көрдөрөрүнэн гриипи тарҕатар вирустар бааллара көстөр. Күн аайы грипп көстөрө элбээн иһэр. Ону тэҥэ атын респираторнай инфекциялары тарҕатар вирустар эмиэ бааллар уонна ковид вируһа эмиэ көстөр».

Быһыыны туруоруу бу күһүн тэрээһиннээхтик уһуйааннарынан, оскуолаларынан, тэрилтэлэринэн ыытыллыбыта. Ким баҕалаах бэйэтин поликлиникатыгар кэлэн туруортарыан сөп. Быйыл кэлбит вакцина састааба барыта саҥардыллыбыт. Ол курдук грипп хас да көрүҥүттэн харыстыыр саҥардыллыбыт штамнартан турар.

Валентина Григорьева, СӨ Роспотребнадзор салаатын эпидемиологическай кэтээн көрүүгэ салаатын салайааччытын солбуйааччы: «Билигин вакцина баар, нэһилиэнньэҕэ туһаайан этиэ этибит, бэйэҕит олорор сиргитинэн поликлиникаларга кэлэн вакцина баар кэмиэгэр уонна ыарыы наһаа үрдүү илигинэ грипп утары прививка ыларгытыгар сүбэлиэ этибит уонна биллэн турар, киһи элбэхтик тоҕуоруһар сиригэр биирдэ туттуллар мааска кэтиэххэ наада, илиини субу-субу сууна сылдьыахха наада».

Бүгүҥҥү күҥҥэ 370-ча тыһыынча кэриҥэ киһи гриипи утары быһыыны ылла, олортон 150-тан тахса тыһыынча оҕо, 200-тэн тахсаа улахан дьон.  Биллэрин курдук, ыарыыны сэрэппит ордук, онон харыстаныы миэрэлэрин тутуһарга, элбэх дьон мустар сиригэр сылдьартан туттунарга, быһыыны ыларга сүбэлиллэр.

 
По теме