Сэтинньи 25 күнүгэр Сахабыт Сиригэр Олоҥхо күнэ бэлиэтэннэ. Бу күнү көрсө "Сэргээ, Сэһэргээ" биэриигэ М.К. Аммосов аатынан ХИФУ Олоҥхону чинчийэр институтун дириэктэрэ, филологическай наука кандидата, СӨ култууратын туйгуна Руслан Анисимов ыалдьыттаата. Биэриигэ олоҥхону үөрэтии, чинчийии, кэлэр кэнчээригэ тарҕатыы, Институт үлэтин уонна Руслан Николаевич олоҥхо эйгэтин тус көрүүтүн тула кэпсэттибит.
Источник: ГТРК Саха
27.11.2026 17:09