Саха сирин Технопарката быйыл төрүттэммитэ 15 сыла

ИТ-парк үрдүнэн 140 тахса резидент баар. Онтон биирдэстэрэ "Алтан" диэн оҕолорго аналлаах программирование оскуолата. Манна 1000 тахса киһи дьарыктанар. Онтон эскурсияҕа кэлбит 8 кылаас оҕолоро маастар кылааска ураты иэннээх, быһыылаах, кээмэйдээх тургутуктары оҥорон көрдүлэр.

Маастар кылаас биир эрэ чаас ааһар. ИТ оскуола учуутала Кристина Анисимова бачча кылгас бириэмэҕэ барытыгар үөрэппэккин, ол эрэн оҕолору интириэһиргэтэҕин, баҕалаахтар өссө да кэлэн дьарыктаныахтарын сэп диир.

Кристина Анисимова, "Алтан" ИТ оскуола учуутала: «Кыракый кылаастарга быдан к өмпүүтэри үөрэтээһин диэбит курдук. Улахаттарга оонньуу, сайт арааһынай приложение оҥоробут ».

Сайдыы холобурунан тэрилтэлэргэ, дьаһалталарга көмөлөһөр "Обращайся" диэн оҥоһуу өй буолар. Докумуоннары үөрэтэр, сокуону билэр, сүбэлиир оҥоһуу номнуо дойду 11 регионугар туттуллар.

Пётр Бурцев, Технопарк резиденэ: « 27 региоҥҥа билигин үлэлии турар система, юридическай консультациялары, өҥөлөрү оҥорор, исписэлиистэр үлэлэрин чэпчэтэр ».

ИТ-парк Сколково наука киинин, араас үрдүк үөрэхтэри, атын регионнар технопаркаларын кытары тэҥҥэ үлэлэһэр, ону таһынан Уһук-Илиҥ федеральнай уокурук үрдүнэн сайдыы киинэ буолар. Сүрүҥ сыала соруга Саха сирин олохтоохторун кыһалҕатын быһарыы.

Сергей Лыткин, Технопарк салайааччыта: « "Безопасная Арктика" диэн хампаанньа рация оҥорбута, 400-500 км курдукка кэпсэтиэххэ син. Кэбээйи улууһугар киирэн үлэлии сылдьар ».

Быйыл технопарк төрүттэммитэ 15 сыла, үбүлүөйдээх даатаҕа анаан улахан тэрээһиннэр ыытыллыахтара, биирдэстэринэн дойду таһымнаах "Цифровой алмаз" форум буолар, ону таһынан оскуола оҕолоругар аналлаах "хакатон" күрэхтэр тэриллиэхтээхтэрэ.